Кыбытыылаах тигии
Былыр былыргыттан биһиги ийэлэрбит, эбэлэрбит, хос эбэлэрбит көмүлүөк оһох сырдыгар илиилэринэн иистэнэн дьиэ кэргэттэрин таҥыннаран томороон тымныылары тулуйан үйэлэри уҥуордаан баччаҕа тиийэн кэллэхпит. Тириини хатаран, таҥастаан, быһан-отон, сабын-ситиитин хатан, сиик арааһынан тигэн, эбиитин быысабайдаан, оҕуруонан анньан киэргэтэрэ. Билигин үйэ уларыйан илии үлэтиттэн үксүбүт тэйэ быһыытыйда. Бүгүн биһиги былыргылыы иистэнэр сүрүн ньымалары билиҥҥи кэмҥэ дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрө-тарҕата, кэпсии-ипсии сылдьар киһилээхпититтэн чахчы киэн тутуннубут. Бүгүн, Хорулабытыгар сэтинньи 20 күнүгэр сырдыгынан сыдьаайбыт дьоро күнү биир дойдулаахпыт, норуот айымньытын быыстапкаларын араас үрдүк таһымнаах күрэхтэр кыайыылааҕа, лауреата, норуот маастара Алексеева Мира Никитична бэлэхтээтэ. Олоҥхо күнүн көрсө сахабыт норуотун үйэлээх баайын: өбүгэ саҕаттан бэриллэн, харыстанан кэлбити үйэтитэр, утуму салгыыр, тарҕатар сыаллаах Кыбытык тигии кистэлэҥнэрэ быыстапката нэһилиэккэ улахан сэҥээриини ылла. Мира Никитична иис-уус абылаҥар хайдах кэлбитин кэпсээтэ, үлэлэрин туһунан сиһилии билиһиннэрдэ. Норуот маастара 18 - 19 үйэлэргэ кэтиллибит дьахтар таҥаһын дьүһүйэн тикпитин Хорула Далбар Хотуттара кэтэн хааман көрдөрдүлэр. Кыбытыгы тигии сүрүн ньымаларыгар маастар кылаас ыытта. Мира Никитична аныгыс кэлиитигэр үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин ураты үлэлэрин бастакы хардыыларын көрүөхпүт диэн эрэнэбит. Маастар бэйэтэ музейдарга сылдьан, кинигэ ааҕан иистэнэригэр саҥа иэйии, санаа киирэрин кэпсээтэ. Мира Никитичнаҕа махталбытын өссө төгүл тиэрдэбит! Кэргэнигэр Александр Еремеевичка, бары дьиэ кэргэнигэр өйөбүллэрин иһин махтанабыт! Этэҥҥэ буолууну, чэгиэн туругу, кэрэни кэккэлэтэ, үтүөнү, үйэлээҕи үксэтэн ис, айымньылаах үлэҥ тахсыылаах сыаналана турдун!
Название:
Кыбытыылаах тигии
Категория:
Культура