Открытие сквера "Аллея Славы»
Бүгүн, алтынньы 8 күнүгэр Аар айылҕабыт курас тыаллаах, хаар былаастаах күнүнэн да күндүлээтэр, Хорулабытыгар үөрүүлээх күн тосхойдо. "Ааспыт кэми кэрэһэлиир, билиҥҥи кэми ситимниир өйдөбүл баар буоллаҕына - норуот олорбут олоҕо үйэлэргэ өспөт тыыннанар" диэн муударай этии баар. Биһиги биир дойдулаахпыт Николаева Саргылана Семеновна төрөппүт уола, Николаев Алексей Андриянович бу ааспыт сылга Анал байыаннай дьайыыга дойдутун көмүскэлигэр сылдьан сырдык тыына быстыбыта. Ийэтэ, Саргылана Семеновна уолун сырдык кэриэһигэр уонна бары Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар өйдөбүнньүк бэлиэ баар буолуохтаах диэн санааттан, олохтоох дьаһалтаҕа этии киллэрэн уонна бэйэтин аатыгар баар сир учаастагын искибиэр тутулларыгар анаан босхо биэрэрин эппитэ. Салгыы үлэ ыытыллан, ППМИ бырайыагар киирсэн, нэһилиэкпит олохтоохторо бары биир киһи курдук өйөөн, эбии үп киирэн барбыта. Манна Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт улахан күүс - көмө, өйөбүл буолбуттара, улахан хамсааһыны таһаарбыттара. Саргылана Семеновна саҕалаабытын тиһэҕэр тиэрдэн, бүгүн "Аллея Славы" искибиэрбит аанын тэлэччи аста. Искибиэр тутуутугар оскуола оҕолоро, оскуола кэллэктиибэ, нэһилиэк дьоно - сэргэтэ көхтөөх үлэнэн кыттыбыттарын туһунан эрдэ сырдатыллан турар. Улууспут баһылыгын бастакы солбуйааччыта Василий Николаевич улуус аатыттан үлэлэспит дьоҥҥо махтал суруктары туттартаата. Кинини кытта "Якутия - Земля Героев" кадровай программа кыттыылаахтара, АБДЬ бэтэрээннэрэ Колодезников Иннокентий Семенович, Петров Валерий Елизарович истиҥ эҕэрдэлэрин, санааларын тиэртилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин туйгуна, хоһоонньут, кэпсээнньит Кононова В.Д. - Хорула Балбаара буойуттарбытыгар анаабыт хоһоонун аахпыта, оскуолабыт айар куттаах оҕолорун патриотическай ырыалара барыбытын долгутта. Сиһилии фотовидеоматырыйаалларга көрөргүтүгэр.
Название:
Открытие сквера "Аллея Славы»
Категория:
Культура